Мин дьааһылаҕа 1943 сыллаахха сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитим. Слепцова Акулина, Горохова Федосия Петровна уонна Хабырыыс оҕонньор баар этэ, кини ол саҕана табаннан мас тиэйэн киллэрэр этэ. Ол саҕана бирикээһи суруйуу диэн суох этэ, дьоннорум үлэлээбит чаастарын, төһө аһы-таҥаһы ороскуоттаабыппытын барытын райфиҥҥа отчуоттуур этибит. Оонньуур диэнсуох буолааччы. Оҕолор ол саҕана сыыс харбыырырнан оонньуу сырыттахтарына биирдэ Черов диэн райкомол секретара кэлэ сылдьыбыттаах ол саҕа кыбыстыбытым суох этэ.
Онно үлэлии-үлэлии медсестраҕа үөрэнэр этибит. Миигин Алыыга бардаххына медсестраннан үлэлиэн диэн үөрэппиттэрэ. Биһигини Софронов Прокопий Егорович үөрэтэр этэ.
Самолет да, массыына да суох этэ, аһы-таҥаһы табаннан, ындыыннан тиэйэн аҕалаллар этэ. Саахар, бурдук, арыы, кэмпиэт, бэчиэнньэ энин буолааччы, элбэҕи хантан тиэйиэхтэрэй.
Дьааһылаҕа астаммыт астарыттан биири да энчирэппэт этибит, көр аны санаатахха сүрдээх да дьон эбиппит, туох барыта аһаҕас, ууруллубут сиригэр турааччы, күлүүс энин диэни олох да билбэт этибит.
Ол саҕана эдэр ахан оҕолор этибит. Быыбар инин буолар буоллаҕына ый инниттэн үҥкүү буолааччы, көр-оонньуу саҕаланааччы.
Онтон 1947 сыллаахха Алыы учаастагар көспүппүт.
Оччолорго эдэр да эбиппит...
Аверенская
Анна Николаевна, 1943-47 сылларга дьааьыла-саад сэбиэдиссэйэ
Ол са5ана дьон улэ5э бэриниилээх этилэрэ
Мин Саккырыыр оройуонугар ясла-садка сэбиэдисэйинэн улэлээбитим туhунан кылгас ахтыы оноруохпун ба5арабын. Ясляны уонна сады холбоон, ясла-сады тэрийии туhунан Союз урдунэн, о5о тэрилтэлэрин бо5ор5отор сыалтан уураах тахсыбыта. Онон сибээстээн биhиги оройуоммут исполкомун председателя И.Т. Саввинов 20 миэстэлээх дьаhыла, 50 миэстэлээх о5о сада баарын холбоон уонна биир группаны эбии корон 95 о5олоох ясла-сады тэрийэргэ уураах таhаарбыта. Онно миигин атын улэттэн ылан, сэбиэдисэйинэн улэлииргэ уура5ынан ыыппыттара. Мин иннинэ улэлээбиттэрэ со5урууттан специальнай уорэхтээх икки нуучча кыргыттара, улэлээн иhэн, улэлэрин тэрээhинин кыайбаккалар тоттору барбыттара. Детсад кыаллан улэлээбинэ тороппуттэр эрэйдэммиттэрэ. Онон ыhыллыбыт тэрилтэни тутан улэлииргэ олус эппиэттээх сорудах этэ.
Мин урукку оттугэр син обургу тэрилтэлэргэ райкомна пом. Секретарынан, райисполкомна секретарынан, бухгалтерынан улэлээбит буолан, хаhаайыстыбаннай оттун дьаhайарга уопут били баар буолан, дьаhалта5а убу-харчыны хайдах булары, туруорсары иннибэт этим.
Аан бастаан мэккэй, тубуордэй инвентары буларга онно сметалаах уп олох кыра этэ, ону эптэрэн барытын саналыы тэрийбитим. Тургэнник тэрийэ охсор инниттэн таба тириитин заготовкалаан о5о утуйар танаhын тороппуттэргэ босхо тиктэрэн ылбытым. Оскотун бэлэми куораттан Снабсбытан харчы толоон, самолетунан а5алыы ороскуота быдан элбэх буолуохтаа5а, онон харчыбытын экономиялаан, атын оросхуоту сабарга эмиэ наада этэ.
Бары тороппуттэр активнай кыттыыны ыланнар комо буолбуттара.
Хас да сыллааа5ы родительскай взноспун хомуллубакка хаалбытын биир да иэс суох гына хомуйан соро5ун учебнай пособия, о5о ооньуурун куораттан баран а5албытым.
О5олор аhыыр иhиттэрэ лаа5а алдьаммыт курууска этэ манны барытын форфоровай иhиттэринэн кухня5а тутуллар иhиттэри санардан биэрбитим уо.д.а.
О5олор аhылыктарын баар кыа5ынан ордук уут аhылыгы компоттары, куруппалары собунэн корон о5о5о коруллэр нуорманы тутуhан менюны уларытан онорор этибит. О5о доруобуйатыгар ирдэниллэр коларийнаhа соп диэн врач бэрэбиэркэлээн тумук онорбута.
Кадр боппуруоhа эмиэ ыарахан этэ. Ол икки специалист иитээччилэр бараннар, иитээччилэр да, повар да, тех. Улэhиттэр да суохтара, ону райпо остолубуойуттан биир повары кордьоон ылбытым. Икки воспитателы; биирэ К.Н. Абрамова биирэ олохтоох бэйэбит киhибит, начальнай кылаас учуутала уорэхтээх О.Н. Слепцованы ылбытым, уонна дьэ улэбитин са5алаан барбыппыт. Ясла-сад сэбиэдиссэйдэрин биир ыйдаах Республиканскай курсугар Москва5а уорэнэ барбытым. Онтон кэлэн баран типовой проектах ясла-сад тутуутун ыытарга исполкомна туруорсубутум. Онно исполком тутууга отделын начальнигынан А.Н. Слепцов улэлиир этэ. Кини сурдээх инициативалаах кэлэн-баран кэпсэтиини-быhарсыыны тобулар, дьаhаллаах улэhит киhи этэ. Сонно тута иилэ хабан ылан улэтин са5алаан, сметатын проегын туруорсубутунан барбыта уонна ол сааскытыгар бэрэбинэтин со5утуопкалаан улэтин са5алаабыта. Биир сыл иhинэн олоххо киллэриэм диэбитэ. Ол са5ана дьон улэ5э бэриниилээх, толоругас, чиэhинэй этилэр. Бары да оннук улэлиирбит.
Мин хаhайыстыбаннай оттун бары наадалаахпын булан оттук маспын эhиилги запааhы тиэргэммэр тиэйтэрэн бэлэм онорбутум.
Ити курдук улэбин суhуо5эр туруоран улэлээн иhэммин кэргэним атын оройуонна улэ5э барар буолан, мин эмиэ барар буоллум. А5ыйах да бириэмэ5э улэлээтэрбин син элбэ5и онорбутум.
Нам уонна Амма оройуоннарыгар ясля-садтары эмиэ сана тутууттан са5алаан элбэх улэни ыыппытым. Ол са5ана оройуоннарга типовой тутуулаах анал ясля-садтар тутуулара суох буолан биэрбитэ.
Ити улэлии сырыттахпына Нам оройуонуттан биир ыйдаах Союзнай республикалар областартан 250 ясля-сад заведующайдарын курсугар саха сириттэн миигин ыыппыттара. Онон уорэнэн Москва ясля-садтарын опыттарын корон билэн кэлэр чиэскэ тиксибитим. Онон сирдэтэн балайда улэни ыытарга били-коруу ордук сэтэрэн ба5аран туран улэлээбитим. Мин улэлээбит садтарым базовай о5о тэрилтэлэрин истэригэр киирсибитэ.
О5о тэрилтэтин материальнай базатын бо5орготуугэ, иитэр сэрэтэр улэ5э барытыгар сыаналааннар республиканскай куоталаhыы тумугунэн союзнай граммотаны ылар чиэскэ тиксибитим. 1973 с. пиэнсийэ5э тахсан сынньаланна олоробун. Кылгастык быhа тардан суруйдум.
Билигин о5о тэрилтэтигэр улэлии сылдьар бары биир идэлээхтэрбэр улэлэригэр ситиhиилэри, тус олохторугар дьиэ кэргэттэригэр иллэх-эйэлээх, доруобай чэгиэн-чэбдик буолалларыгар, куруутун уорууну ситиhиини ба5арабын.
Муус устар 4 кунэ 1996 с.
Шадрина Василиса Дмитриевна, 1950-с сылларга о5о саадын сэбиэдиссэйэ
Мин бэйэм ыаллыы олорор Верхоянскай оройуоннугар торообутум. 1943 сыллаахха педрабфагы уорэнэн бутэрбитим, ол кэнниттэн 1944 сыллаахтан ыла уруккута Саккырыыр оройуонугар, билиннитэ Эбээн-Бытантай улууhугар биир сиргэ олорон, улэлээн бочуоттаах сынньаланна пенсияга тахсыбытым. Мин Саккырыырга о5о саадыгар 1961-1978 сылларга, уопсайа 17 сыл устата улэлээбитим. 1960 сыллаахха детсад группата билинни детсад дьиэтин утары турар эргэ дьиэ5э улэлиирэ. Хос аайы улахан тимир оhо5унан оттунарбыт. Билинни курдук электричество суо5а. Чумэччи уонна кырааhыын лаампатынан сырдатынарбыт. Ясельнай группа уруйэ унуор туспа дьиэ5э улэлиирэ Ас астыыр кукуналар бу дьиэлэргэ бэйэлэригэр бааллара. Оччолорго танас-сап, инвентарь, иhит хомуос олус молтох этэ. О5ону иитиигэ анал уорэхтээх специалистар олох суохтара. Ол да буоллар оччотоогу уорэ5э суох улэhиттэр олус кыhамньылаах буоланнар, сатабыллаахтык улэлииллэрэ.
Кэлин детсадка анаан типовой дьиэ тутуллан, улэ5э киирэн, уоруу-коттуу бо5о буолбута, онон о5о тэрилтэтэ уруккуга холоотоххо, ол бириэмэ5э учугэй дьиэлэринэн хааччыллан, 120 миэстэлээх, 30 улэhиттээх собугэр улахан тэрилтэ буола кубулуйбута. Икки улахан детсад, дьааhыла дьиэлэригэр икки эрэ хачыгаар улэлиирэ. Биир эрэ повар сарсыардаттан ыкса киэhэ5э дылы улэлиирэ, кэлин икки онорбуппут. Кэлин анал уорэхтээх кадрдар кэлитэлээн барбыттара.
Мин улэлээбит уhун кэммэр салайар коллективым олус иллэх этэ. Кэлин да оччото5у улэhиттэр олус учугэйдик саныыларын элбэхтик истибитим. Сана дьиэлэнэн, коллектив бо5орготоон, материальнай базаны тупсарыыта сурун сорук оностон улэлээбиппит. Ол тумугэр инвентарь, иhит-хомуос, танас-сап, мебель булунууга балачча ситиспиппит. О5о оонньуурун булууга эрэ молтох этибит. Дьааhыла группатыгар бары кобуорунэн, полааhынан толору хаачыллан о5олор атахтара тонмот буолбута, онон тоhо да улэ5э ыарахаттар, итэ5эс- быhа5ас баарын иhин, улэбитин куhа5ана суохтук ыытарбыт, оройуон урдунэн биир учугэй улэлээх тэрилтэ ахсааныгар элбэх сылларга ааттаммыппыт, ол коллектив буттуунун сыралаах улэтин тумугэ этэ.
Ордук ис дууhатыттан кыhалан улэлиир элбэх киhи баара. Оннук дьоннортон О.Н. Слепцова, К.Н. Абрамова, М.П. Никитина, У.М. Аммосова, М.А. Старостина, Е.Л. Горохова, Д.В. Колесова, А.Е. Чирикова, З.П. Былчахова, В.А. Сыроватская, М.И. Миронова, З.В. Сотрудникова, А.К. Старостина этилэр.
Мин о5о тэрилтэтигэр улэлээбит 17 сылларбын олохпор саамай дьоллоох тугэннэрбинэн аа5абын.
Кини оло5ун дьоллоох сыллара
Спиридонова Варвара Гаврильевна,
1960-70-с сылларга деткомбинат сэбиэдиссэйэ
Эйэлээхтик-иллээхтик улэлээн кэллибит
Мин 1970 сыллаахха аан бастаан иитээччинэн үлэлии киирбитим. Заведующайынан Спиридонова Варвара Гаврильевна үлэлиир этэ. Кини эрчимнээх, ирдэбиллээх сүрдээх үлэһит салайааччы этэ. Кини биһигини сүбэлээн көҕүлээн үөрэххэ киллэрбитэ. 1972-75 сс. ЯПУ училищаны заочно үөрэнэн бүтэрбитим. Онтон ыла Саккырыыр, Дьарҕалаах детсадыгар элбэх оҕо иитиитигэр күн-бүгүнүгэр диэри иитээччиннэн үлэлии сылдьабын.
Аан бастаан үлэлээбит оҕолорум 1966 сыллааҕы оҕолор Захарова Рита, Архипова Сардана, Клименко Андрей, Сотрудников Спартак, Горохова Марианна уо.д.а. бары араас идэлээх үлэһит дьон буолан олох суолугар ситиһиилээхтик үлэлии-хамныы сылдьаллар.
Билигин мин кинилэр оҕолоругар үлэлиибин, үлэлээбит оҕолорбуттан иитээччи идэтин талан ситиһиилэхтик үлэлии сылдьаллар Сардана Мушникова, Христина Горохова, Яна Рожина кинилэртэн биһиги улаханнык үөрэбит. Оччотооҕуга биир иллээх коллективка өр сылларга бииргэ үлэлээбит коллегаларбын Зоя Васильевнаны, Елена Львовнаны, Мария Афанасьевнаны, Люция Егоровнаны кытта билигин да эн – мин дэспэккэ эйэлээхтик – иллэхтик үлэлээн кэллибит. Кинилэри барыларын юбилейынан эҕэрдэлиибин, баҕарабын үлэлэригэр өссө ситиһиини, доруобуйаны, эйэни, дьолу.
Биһигини солбуйар эдэр иитээччилэргэ баҕарыам этэ айамньылаах үлэни.
1999 сыл.
Старостина Анна Константиновна, иитээччи
Сурдээх да учугэй кэм кэлэн ааспыт эбит
«Умнубаппыт дьулусханнаах сууруктээх
сааскы комуол мууhа барыытын,
тон буору тобулан маннайгы ньургуhун тахсыытын,
бииргэ мустан о5ону кытта о5о буолан эдэр сааспытын, ахтыhан ойдоон ааhарбытын.
Оруу ойдуу-саныы сылдьын улэлээбит сылларгытын,
умнуман о5о-аймах чуор-хатан куолаhын.»
Оскуоланы бутэрэн баран 1966 с. «Хаарчаана» детсадка улэ5э киирбитим. Икки дьиэнэн арахсан улэлииллэрэ, туспа кухнялаах этэ. Сэбиэдиссэйинэн Варвара Гаврильевна Спиридонова улэлиир этэ. Варвара Гаврильевна сурдээх ирдэбиллээх, кытаанах сэбиэдиссэй этэ. Медсестранан врач Гутовская Валентина Павловна, Шадрина Зинаида Дмитриевна улэлээбиттэрин ойдуубун. Миигин улахан группа5а иитээччинэн улэлэппиттэрэ, онно Мария Афанасьевнаны кытта улэлээбитим. Мария Афанасьевна уорэ5ин бутэрэн кэлэн улэтин са5алаабыт кэмэ этэ. Нянянан миронова Мария Николаевна, Млепцова Мария Николаевна (Вера Слепцова ийэтэ) улэлээбиттэрэ. Группа5а 30 тахса о5о сылдьара, детсад круглосуточно улэлээччи, киэьээ оттун, хонор о5олору атын, киэьээнни нянялар, улэьиттэр короллоро, хоноллоро, онно уонтан тахса о5о хонор этэ, туунну нянялар Корнилова Мария. Хас бырааhынньык ахсын ый инниттэн ыытар иитээччи сценарийын оностон ырыталлар, ким тугу онорорун, хайдах киэгэтэллэрин быhаараллар, барытын тематын ис хоhоонугар соп тубэьиннэрэн, о5о подароктарын моhооччугун ыытар иитээччи ко5улээhининэн тигэн онороллоро, онно ньэнкэлэр сурдээ5ин комолоhооччулэр, барытын тэннэ онорон, киэргэтэн, биэрээччилэр. Сурдээх кохтоох, эдэр улэhиттэргэ субэлээн биэрэр улэhиттэр этэ. Оскуоланы кытта улэ ыкса сибээстээхтик барара, учууталлар оскуолаттан кэлэн занятия5а сылдьааччылар, подготовительнай группа иитээччилэрэ оскуола5а уруокка сылдьан, о5олорун уорэнэр туруктарын короллоро.
Хас бэнидиэлньик ахсын уопсай мунньа5ы ыыталлара, онно араас теманы, политинформацияны ыыталлара, аан дойду сонунун хаьыаттан, радиоттан аа5ан, истэн кэпсиигин, информация оноро5ун. Боhуолэккэ ыытыллар араас общественнай улэ5э барытыгар кытта5ын, концердыы да бара5ын, сайынын агитбригаданнан окко ыыталлар, эмэндэрээннэ, Дьар5алаахха, Таала-Тумсугар, Чаалыйга. Тороппуттэри кытта улэ ситимнээхтик барара, мунньахтара сотору-сотору ыыта5ын, субботниктары, дьиэни хаарынан хайа5ын, араас таhымнаах улэлэри салайан ыыта5ын, манна тороппут кууhэ улахан буолан, активнайдык кытталлара. Манна улэлии сылдьан ЯПУ-2 кэтэхтэн бутэрэн иитээччи идэтин ылан улэлээбитим. Миигин кытта элбэх улэhит энэрдэспитэ, бииргэ улэлээбит уоллээннээхтэрим: Готовцева М.А., Горохова Е.Л., Стручкова А.И., Горохова Д.М., Старостина А.К., Колесова Л.Е., Колесова Д.В., Софронова М.Н., Лаврова Д., Сыроватская В.Н., Архипова С.А. Слепцова Л.Н., Слепцова В.Н., Афанасьева Е.И., Былчахова З.П., Горохова А.Р., Слепцова М.П., Попова А.П. Горохова Х.И., Аммосова Н.Е., Колесова Ф.И. Медсестранан улэлээбит дьон: Гутовская В.П., Шадрина З.Д., Колесова А.В., Рожина Е.Е., Слепцова Е.С., Горохова С.Д., Завхоhунан улэлээбит дьон: Колесова Е.М., Курчатова Ф.И., Васильева М.С., Сотрудников С.С. Музыкальнай руководителинэн: Новгородов Т.Г., Колесов Е.Гавр., Зубакин Г.Г., Слепцова Е.Инн., Дворниченко В.В., Монастырева С.В., Рожина С.Е. Музыкальный руководитель ункуу, ырыа, оонньуу, тылларын, движениялаьтын, бастаан биhиэхэ уорэтэрэ, онтон биhиги салгыы уорэтээччибит, дьарык нэдиэлэ5э 2-тэ буолара. Мукыкальнай занятия5а о5олор бары биир форманы кэтэллэрэ, онтон физкультура занятиятыгар шортигы, чешканы, ирдииллэрэ.
1996 с. Эбээн торуттээх киhи диэн эбээн тылын суоргутуугэ, улэлэhэргэ этии киллэрбитим, сыл ахсын бары группа5а, «Эбээн нэдиэлэтин» - тематынан соп тубэhиннэрэн тэрийэн ыытарым «Эбээн норуотун угэстэригэр о5ону иитии», «Сиэр-туом, итэ5эл, абыычай – бит-билгэ», «Кудьай Таба» - Н. Слепцов – маннык ис хоhоонноох бэсиэдэлэр, улэлэр ыытыллыбыттара. Олохтоох уhуйээннэри о5олорго билиhмнннэрэн уорэтэрим, холобур: «Остуоруйа киэhэтигэр ынырабыт», «Кыыс Хадаар», «Дьикти балыксыттар»- Дьугуор Бытантай, «Урун Иитээнэ – И.В. Горохов. «Кээлбэс» - Слепцов И.Н. Маннык уhуйээннэри о5олор сурдээ5ин интириэhиргээн истэллэрэ, кытталлара, уруhуйдууллара. «Оонньуу сурун оруола»-бэсиэдэ. «Оонньуу – олох оскуолата». – эбээн тылын уорэтэргэ, дидактическайоонньууну айан, онорон онньоторум. Манна тороппут комото улахан оруолу ылара, о5олорго эбээн танаhын тигэн кэтэрдэллэрэ, араас киэргэли онороллоро, эбээн аhын алгыыллара, ыытыллар мероприятияларга кыттыбыт тороппуттэр: Колесов М.И,, Баишев Н., Никитин И, Старостина Аг.Аф, Слепцова А.А., Михайлова В.Н., Слепцова И.П., Курчатова Ф.И., Рожина Е.Е., Безрукова Р.С., онтон да атын тороппуттэр.
Кыра о5олору буобэйдээн, иитэн-уорэтэн, сурэх сылааhын инэрэн, утуо-дьон буолан, дойдуларыгар, атын да сиргэ, араас идэни баhылаан туhалаах дьон буолан улэлии-хамсыы сылдьалларыттан уорэбин. Сурдээх да учугэй кэм кэлэн ааспыт эбит, улэ5э буоллун, корго буоллун бары биир киhи курдук кыттан, ойдоhон, ойоhон улэлээбит эбиппит.
Мин детсад сэбиэдэссэйинэн, методиhынан да улэлии сылдьыбыт, профсоюз председателинэн, казначейынан эмиэ улэлээбитим. Онтон билигин пенсиялаахтар тумсуулэрин председателинэн, «Упэндьэл» этнокультурнай вокальнай ансамбльга кыттан, иллэн кэммин атаарабын, араас ыытыллар мероприятияларга кыттан, куус-комо буолабын, ону таhынан нэдиэлэ5э устэ скандинавскай хаамыыга, эти-хааны эргитэбит, доруобуйабытын конноробут. Ол курдук олорон хаалбакка, тугунан эмит дьарыктана сатыыбыт. Бииргэ улэлээбит уоллэннээхтэрбэр ба5арыам этэ истин иhирэх сыhыаны, кэрэ сана кэккэлэстин, уоруу-котуу, дьол тосхойдун.
Ыам ыйа 2014 с.
Элбэх эрэллээх до5оттордоох этэ.
Ойор куннээх,
О5о саас кэрэ кэмин
Онньоон ааспыт куннэрбитин
Ахтан, санаан ылыа5ын
Бииргэ уорэммит, биир тэрилтэ5э детсадка бииргэ улэлээбит дьуогэбит Анна Константиновна Слепцова туьунан ахтабын.
Биьиги оскуоланы 1966 с. Бутэрбиппит, бары да наьаа бэьиэлэй, кордоох, кэрэ о5олор этилэр, оскуолаттан ыла бары, улэ буоллун, уорэххэ буоллун сурдээх эппиэтинэмтээхтик сыьыаннаьар этибит.
Анка ЯПУ_2 кэтэхтэн бутэрэн, уорэнэн, воспитатель идэтин ылан детсадка иитээччинэн улэлээбитэ, улэтигэр наьаа ирдэбиллээх, суурдээх интириэьинэй мероприятиялары, мунньахтары ыытарга активнайдык кыттаччы. Бу са5ана ыытар утренниккын барытын бэйэн толкуйдаан, оноро5ун, былаанныыгын, тороппуттэри тумсэ тардан, улэни ыыта5ын, онно Анка сурдээх интириэьинэй сценарийы, тороппут мунньа5ын онорон, улэтин са5алааччы, дирин ис хоьонноох аралдьытыылары, субботниктары ыытан, тороппут махталын ылара, иирсэ-этиьэ сылдьыбат, онтон Сашаны кытта холбоьон ыал буолбуттара, ус о5оломмуттара. Кыыстара Туяра Дьокуускай куоракка олорор. Кыра уол Александр сылгы кооперативын салайар, олохторун салгыыр элбэх сиэннэрдээхтэр. Улэлээбит сылларыгар элбэх дьону кытта алтыспыта, элбэх эрэллээх до5оттордоох этэ. Сурдээх ыалдьытымсах, остуол хотойорунан астаах-уоллээх, киирбит киьини, ыалдьыты тото-хана чэйдэтэн таьаарар ыалдьытымсах ыаллар этилэр. А5алара киирилээх-тахсыылаах, булугас ойдоох, сыты-хотуу, уопсай тылы тургэнник булар, улэьит киьи этэ. Кыыьыран тымтан сылдьыбат, улэ ыараханыттан иннэн-толлон турбат киьи этэ. Бу орто дойдуга киьи сиэринэн улэлээн, уорэнэн утуо суобастаахтык олорон ааспыттарын, бииргэ уорэммит, алтыспыт до5отторо умнуохтара суо5а.
Ыам ыйа 2014 с.
Сотрудникова Зоя Васильевна,
Почетный ветеран системы образования РС(Я), Отличник Образования РС(Я), «Воспитатель - методист», «За вклад в развитие народного художественного творчества РС(Я)» бэлиэлэр, Эбээн-Бытантай улууьун бочуоттаах олохтоо5о
Кэлэр кэскил туһугар
Оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолор тэрилтэлэрэ 75 юбилейдаах сылы туоларынан барыгытын истиҥник ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин!
Саха сирин историятыттан ааҕан биллэххэ, бастакы оҕо садтары 1920 сыллаахха Дьокуускай куоракка ыһыллыбыттар, сир баайа хостонор сирдэригэр 1950 сыллаахтан саҕалаан киэн далааһыннаахтык тутуллан барбыттара.
Мин бэйэм эмиэ детсад биир кырдьаҕас үлэһитэ буоларбынан сибээстээн бу юбилейы хайдах атааралларын хана баҕарар Россияҕа, Саха сиригэр, биһиги улууспутугар хаһыаттан, телевизортан билэ олоруом.
Бастаан Якутскайдааҕы коммунально-строительнай техникуму 1958 сыллаахха бүтэрэн баран Сунтаарга, Баатаҕайга технигинэн үлэлээбитим, онтон 1963 сылтан саҕалаан детсад иитээччитинэн Боруулаах нэһилиэгэр Верхоянскай оройуонугар саҕалаабытым. Ол кэнниттэн Сайдыыга, Арыылаахха, Суордаахха иитээччинэн, кэлин 1977 сылтан бу Саккырырга маҥнай интернат иитээччитинэн, кэнники сылларга методиһынан үлэлээн баран, уопсайа 32 сыл норуот үөрэҕириитин систематыгар үлэлээтим. Бу кэнники кэмҥэ сиэним улаатыытыгар олоробун. Бу 32 сыл элбэх сыраны, тулууру, саҥаны айыыны, үтүө суобаһы, үлэ дьиссипилиинэтигэр ирдэбили, ханнык баҕара үлэ көрүнэр принциби, саҕалаабыт дьыаланы түмүктүүрү эрэйбитэ. Төһө үлэлиигин да соччолоох итэҕэс-быһаҕас баар буолар.
Урут саамай үчүгэйэ критика баар этэ, ол итэҕэһи-быһаҕаһы сирэйигэр этэн биэрдэххэ ханнык да үлэһит көннөрөргө барааччы.
Урукку ааспыт сылларга кырдьык да үлэлииргэ олус ыарахан этэ. Детсадтарга материальнай база мөлтөҕө, дьиэ-уот кыараҕаһа, типовой тутуулаах садтар суохтара, кадр тиийбэтэ, ол гынан баран бу проблемалар эйэлээх коллективка уонна нэһилиэк советтарын көмөлөрүнэн быһаарыллан орун-оннугар түһэн иһээччи. Оччолорго советтар бу сабыылаах тэрилтэлэргэ сүрдээҕин көмөлөһооччүлэр. «Харчы суох» диэн баран олорор Советы да, аккастана олорор РОНО салайааччытын да өйдөөбөппүн.
Биир үтүө сүбэһитинэн уонна көмөлөһоччүтүнэн детсад тороппүттэрэ буолаллара. Үлэлиирбитигэр союзнай эрэ программанан үлэлиирбит. Бу программа нууччалыы тылынан эрэ тахсара. Маҥнай 1962 сыллаахха, онтон 1972 сыллаахха, үһүстээн 1985 элбэх уларытыылаах тахсыталаабыта.
Биһиги оҕолорбутугар ааспыт сылларга эбээн, саха оҕолоругар, өбүгэлэрбит эйгэлэриттэн төрүттээх, силистээх – мутуктаах, үтүө санаалаах эбэннии-сахалыы үрдүк культуралаах, киэн дууһалаах киһини төрөөбүт тылга, төрүт фольклору үөрэтиигэ суолтаны биэрбэтэхпитигэр бука бары буруйдаахпыт. Урут нуучча уонна омук педагогтарын матырыйааларын туһанар буоллахпытына билигин сахалартан эмиэ биир биллэр педагог Жирков (мин бэйэм кинини улуу киһиннэн ааҕабын) Саха АССР оскуолаҕа киириэн иннинээҕи тэрилтэлэрин саҥардан сайыннарыы концепциятын 1990 сыллаахха онон үлэлии сылдьабыт.
Бу концепция оҥоһуллан бары сирэйбит сырдаата, сэргэхсийдэ. Концепция сыала соруга оҕо төрөөбүт төрүт тылынан иитиллэр уонна үөрэнэр. Конституцияннан көрүллүбүт демократическай быраабын олоххо киллэрээри ситиһэр сүрүн сыаллаах.
Өбүгэлэрбит үгэстэрин, культураларын, абыычайдарын фольклорун үөрэтэргэ 1987 сыллаахха тахсыбыт «Детсад кыра, орто, улахан группаларыгар тулалыыр олоҕу, айылҕаны билиһиннэрии уонна саҥарар саҥаны сайыннарыы программата» национальнай оҕо тэрилтэтин саҥардан сайыннарыы концепциятыгар соп түбэһиннэрэн саҥардыллан сахалыы программа одҥоһуллубута, ону тэҥэ олорор улууспут региональнай уратытын учуоттаан аҕыйах ахсаннаах эбээн норуотун тылын, абыычайын эбэн үөрэтиллэр.
Саккырыырдааҕы «Хаарчаана» детсад үлэлиир дьиэтэ 3 дьиэ. Бу кэнники сылларга сэбиэдиссэй Архипова С.А., ремоннары үчүгэйдик ыыттарар. Ол гынан баран бу дьиэлэр тутуллубуттара 40-ча сыл буолбут, ис өттүгэр сытыйан-ымыйан бара сыттаҕа. Бу оҕо олоҕор санитпрнай-гигиеническай өттүнэн хайдах да эппиэттээбэт. Онон сотору кэминэн 120 миэстэлээх оҕо саадын тутуутун туруорсар наадалаах. Үөһэттэн куруук эрэннэрии эрэ, эдэр көлүөнэбит туһугар үлэлиэхпит диэн.
Детсад коллектива ханнык баҕарар общественнай үлэлэргэ активнай позициялаах буолааччы. Мин бэйэм да общественнай үлэттэн туора турбат этим Детсад профкомун председателинэн, родительскай комитет председателинэн, микрорайон начальнигынан үлэлээбитим, араас общественнай ноҕуруусканы барытын амсайбытым.
32 сыл үлэлээбит үйэбэр республикаҕа нь төгүл педагогическай ааҕыыга кыттан, икки төгүл үөрэҕирии Министерствотыттан Почетнай Грамоталахпын. Суордаахха сэбиэдиссэйдии олорон эмиэ Минпрос почетнай Грамотатынан, 1990 сыллаахха СССР норуотун үөрэҕириитин Госкомитетыттан Почетнай Грамотанан наҕараадаламмытым. 1989 сылтан педагогическай үлэ ветерана, аттестациялааһын түмүгүнэн методист-иитээччи. Прикладной искусствоҕа элбэх Грамота ылбытым. Культура Министерствотын грамотатын ылбытым. Кырдьан баран бэрийэн көрдөххө сүрдээх интириэһинэй олох эбит.
Уонна үйэм тухары махтанабын, ЯПУ-2 үөрэппит учууталларбар. Кинилэри ортолоругар бааллар Захарова М.И., Оксман К.П., Савенкова Г.А., Скрябина Р.Е., Дмитриева М.А. Бу учууталлавр бары оҕоҕо үлэлииргэ айылҕаттан айдарыылаах киэн теоретическай, практическай билиини ыччакка инэрээччилэр эбиттэр.
Бука барыгытыгар дьолу-соргуну баҕарабын? Доруобай буолун? Кэлэр кэскилбитигэр иитэргэ күүскүтүн харыстаабакка үлэлээн!
1999 сыл.
Аммосова Анна Иннокентьевна, педагогическай үлэ ветерана,
методист – иитээччи.
Барытыгар детсад кыайда дииллэрэ олус үчүгэй истэргэ
Горохова Анна Романовна,
улэ бэтэрээнэ
Мин Горохова Анна Романовна 1948 сыллаахха Дьарҕалаах нэһилиэгэр муус устар 18 күнүгэр төрөөбүтүм.
«Хаарчаана» оҕо саадыгар 1983 сыллаахха кочегарынан үлэлии киирбитим. Оччолорго сэбиэдиссэй Аммосова Н.Е. этэ. Биһи түөрт буолан үлэлээбиппит. Мин, Былчахова З. П., Ермолаева А.С., Попова А.П. буолан өр сылларга сүрдээх иллээхтик көхтөөхтүк үлэлээбиппит, онно туспа кыра дьиэлээх котельнай этэ. Саҥа дьылга кочегардар диэн веранданы киэргэтэр этибит оҕолорго үлэлиир дьон буолан. Ону биһи түөрт сүрдээх активнай дьон буолан үөрэ-көтө киэргэтэрбит. Мин бэйэм санаабар өйдөөн хаалар гына сүрдээх активнай көхтөөх коллектив оҕо уһуйааныгар үлэлиир дьон буолан, араас детсад иһинэн улуус да иһинэн элбэх араас мероприятияларга бары көхтөөхтүк кыттар этибит. Профком да сүрдээх үчүгэйдик үлэлиир этэ. Ол үлэлии сылдьан 50 сааспын бэлиэтээбиппит, онтон «Бэтэрээн труда» буолан тахсан бу пенсиябар олоробун.
Оҕо уһуйааныгар үлэлээбит киһи буолан, кыыһым Стручкова Х.И. иитээччи буолан үлэлии-хамныы сылдьарыгар олуьун уорэбин. Ол курдук билигин даҕаны коллектив ситимин ыспакка сүрдээх активнайдык көхтөөхтүк үлэлээн, өссө да күүскэ сайдын, билигин иһиттэххэ сүрдээх барытыгар детсад кыайда дииллэрэ олус үчүгэй истэргэ.
Түгэнинэн туһанан эҕэрдэлиэм этэ детсад коллективын үбүлүөйгүтүнэн, өссө көхтөөхтүк үлэлээн, үлэҕит өссө да таьарыылаах ситиһиилээх буоллун, доруобай дьоллоох буолуҥ!
2014 с.