top of page
  • Остуоруйа саҕаланар.

  • Остуоруйа фоновай музыката.

 

Кэпсээнньит: Олорбуттара эбитэ үһү саһыллаах, куобах. Саһыл дьиэтэ муус-тан оҥоһуллубут, онтон куобах дьиэтэ мас эбит. Сандал саас салаллан кэлэн, күммүт көмүс сардаҥаларынан күүскэ тыган оонньоото.

 

  • Күн (Аселья) киирэн тахсар. (музыка)

 

Таһырдьа сылыйан, хаарбыт ууллан таммахтар топ, топ тобугураһа түстүлэр. Арай, саһылбыт дьиэтэ ууллан хаалбыт, онтон куобах дьиэтэ бэйэтинэн ту-ран хаалбыт. Дьэ туран, саһыл куобахтан көрдөһөөччү буолбут.

 

 

 

Саһыл: Куобах, мин дьиэм ууллан хаалла, баһаалыста эйиэхэ хоно киирэбин дуо?

 

Куобах: Киирэн хон таһырдьа хонуон дуо?

 

Кэпсээнньит: Албын саһыл куобах дьиэтигэр киирэн баран куобаҕы үүрэн таһаарбыт. Куобах эрэйдээх суол устун ытыы, ытыы баран испит, ол иһэн ыты көрсө түспүт.

 

Ыт: Куобахчаан, тоҕо ытаатын?

 

Куобах: Ыы, ыы, ыы, саһыл дьиэтэ ууллан хаалбытыгар, миэхэ хоно киирби-тэ уонна миигин дьиэбиттэн үүрэн таһаарда.

 

Ыт: Куобахчаан ытаама. Мин эйиэхэ көмөлөһүөм, саһылы үүрэн таһаарыам.

 

Кэпсээнньит: Куобахтаах, ыт саһылга тиийбиттэр. Ыт саһылга ырдьыгынаа-быт.

 

Ыт: Моҥ, моҥ, моҥ. Саһыл түөкүн куобах дьиэтиттэн киэр бар!

 

Кэпсээнньит: Онуоха саһыл оһох үрдүттэн маннык диэбит.

 

Саһыл: Билигин оһохтон түһүөм, тахсаммын иккиэҥҥитин тырыта тыытан кэбиһиэм. Түүгүтүн суол устун ыһыам.

 

Кэпсээнньит: Итиччэ ынырык тыллар кэнниттэн ыт кутуругун купчуччу туттаат куотан хаалбыт. Куобах эрэйдээх эмиэ ытыы, ытыы баран испит. Ол иһэн эһэни көрсө түспүт.

 

Эһэ: Куобахчаан, тоҕо ытаатын?

 

Куобах: Ыы, ыы, ыы, саһыл дьиэтэ ууллан хаалбытыгар, миэхэ хоно киирби-тэ уонна миигин дьиэбиттэн үүрэн таһаарда.

 

Эһэ: Куобахчаан ытаама. Мин эйиэхэ көмөлөһүөм, саһылы үүрэн таһаарыам.

 

Куобах: Ыт үүрбүтэ да сатаан үүрбэтэҕэ, эн да сатаан үүрүөн суоҕа.

 

Эһэ: Үүрэр инибин бардыбыт.

 

Кэпсээнньит: Куобахтаах, эһэ саһылга тиийбиттэр. Эһэ саһылга хаһытаабыт.

 

Эһэ: Саһыл түөкүн куобах дьиэтиттэн киэр бар!

 

 

Кэпсээнньит: Онуоха саһыл оһох үрдүттэн маннык диэбит.

 

Саһыл: Билигин оһохтон түһүөм, тахсаммын иккиэҥҥитин тырыта тыытан кэбиһиэм. Түүгүтүн суол устун ыһыам.

 

Кэпсээнньит: Итиччэ ынырык тыллар кэнниттэн эһэ куттанан купчус гынаат куотан хаалбыт. Куобах эрэйдээх эмиэ ытыы, ытыы баран испит. Ол иһэн утары оҕуһу көрсүбүт.

 

Оҕус: Куобахчаан, тоҕо ытаатын?

 

Куобах: Ыы, ыы, ыы, саһыл дьиэтэ ууллан хаалбытыгар, миэхэ хоно киирби-тэ уонна миигин дьиэбиттэн үүрэн таһаарда.

 

Оҕус: Куобахчаан ытаама, мин саһылы үүрэн таһаарыам.

 

Куобах: Ыт үүрбүтэ да сатаан үүрбэтэҕэ, эһэ үүрбүтэ да сатаан үүрбэтэҕэ. Эн да сатаан үүрүөн суоҕа.

 

Эһэ: Хайдах эрэ үүрэр инибин, бардыбыт.

 

Кэпсээнньит: Куобахтаах, оҕус саһылга тиийбиттэр. Оҕус саһылга үчүгэй аҕайдык мөҕүрээбит.

 

Эһэ: Саһыл түөкүн куобах дьиэтиттэн киэр бар! Муу...

 

Кэпсээнньит: Онуоха саһыл оһох үрдүттэн маннык диэбит.

 

Саһыл: Билигин оһохтон түһүөм, тахсаммын иккиэҥҥитин тырыта тыытан кэбиһиэм. Түүгүтүн суол устун ыһыам.

 

Кэпсээнньит: Итиччэ ынырык тыллар кэнниттэн оҕус олус диэн куттаммыт уонна куотан хаалбыт. Куобах эрэйдээх эмиэ ытыы, ытыы баран испит. Ол иһэн утары бөтүүгү көрсө түспүт, бөтүүгэ хотуурдаах эбит.

 

Бөтүүк: Ку – ка – ре – ку, куобахчаан, тоҕо ытаатын?

 

Куобах: Саһыл дьиэтэ ууллан хаалбытыгар, миэхэ хоно киирбитэ уонна миигин дьиэбиттэн үүрэн таһаарда.

 

Бөтүүк: Барыахха, мин саһылы үүрэн таһаарыам.

 

Куобах: Суох, ыт үүрбүтэ, эһэ үүрбүтэ, оҕус үүрбүтэ, ким да сатаан үүр-бэтэҕэ. Эн да үүрэрин саарбах.

 

Бөтүүк: Бардыбыт, хайаан да үүрүөм.

 

Кэпсээнньит: Куобахтаах, бөтүүк саһылга тиийбиттэр. Бөтүүк кынатынан сапсынаат маннык диэбит.

 

Бөтүүк: Ку – ка – ре – ку, мин хотуурдаах кэллим, саһыл түөкүнү хотууру-нан быһа саайыам. Албын саһыл оһох үрдүттэн түс уонна куобах дьиэтиттэн киэр бар!

 

Кэпсээнньит: Саһыл бөтүүгү истээт куттаммыт уонна маннык диэбит.

 

Бөтүүк: Ку – ка – ре – ку! Тахса оҕус түөкүн, тахса иликкинэ хотуурунан саайыам!

 

Кэпсээнньит: Саһыл эрэйдээх кутталыттан ыстанан тахсыбыт, бөтүүк эк-кирэппит уонна саһылы үүрэн ыыппыт. Онтон ыла бөтүүктээх, куобах ик-киэн бииргэ олорбуттара эбитэ үһү.

bottom of page